Page 13 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 13
А Й Ы М Н Ь Ы Д ОЙ Д У Т У Н
КИСТЭЛЭҤНЭРЭ
Эн «Төрөөбүт ийэ дойдум» салааҕа киһиэхэ
туохтааҕар да күндү кини төрөөбүт сирэ-уота,
айылҕата, чугас дьоно буоларын биллиҥ. Бу
үтүөкэн дойдуларын саха уонна дьүкээгир поэт-
тара киэн тутта хоһуйалларын аахтыҥ.
Хоһооҥҥо устуруока бүтэһик сүһүөхтэрин
дорҕоонноро биир тэҥник эбэтэр маарынна-
тан этиллэрин биллиҥ. Бу хоһоон биир уратыта
буолар.
«Ааҕааччы тэтэрээтин» оҥоһуннуҥ. Бу эн биир
наадалаах тэрилиҥ буолуоҕа.
Төрөөбүт дойду туһунан ойуулаан эмиэ кэп-
сиэххэ сөп эбит. Бэйэҕит уонна худуоһунньуктар
үлэлэрин билистигит, кэпсэттигит.
Бу курдук хас биирдии киһи төрөөбүт дой-
дутун таптыыр, кининэн киэн туттар, өрүү кэрэ,
баай буоларын туһугар кыһаллар.