Page 101 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 101
биэ Улаанчыгы ыҥыран иҥэрсийдэ. Онуоха
Улаанчык уонна кырдьаҕас биэ бэйэтин ку-
луна тэҥҥэ тиийдилэр. Биэни икки өттүттэн
туран эмэн чобурҕаппытынан бардылар.
Сылгы бостууга Мэхээлэ «Сылгы барахсан
өйдөөх даҕаны, тулаайаҕы аһыннаҕа эбээт.
Ийэ биэ дэлэй үүттээх, икки кулунчугу тото
аһатар», — диэн бу туһунан үөрэ-көтө кэп-
сээтэ.
Сахалар сы лгы ны аты нны к туох диэн аат-
ты ы ллары й? Ол туһунан т у гу билэҕитий?
Кэпсээҥ.
Кулунчук, сылгы туһунан ханнык хоһоону,
ы ры аны билэҕин? Ол туһунан «А йы м ньы
тэтэрээтигэр» бэлиэтэн.
Дьоҥҥуттан маннык түгэн туһунан ыйы-
талас, кылааскар кэпсээ.
Толкуйдаа. Тобул
Көмүскэллээх санаалаах күн күбэй ийэ.
Ийэ сүрэҕэ уйан.