Page 98 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 98
Аҥала кыыл дэтээри,
Аргыый хаамта.
Сыылба кыыл дэтээри,
Сыбды ҥнаан сырытта.
Көхсүн бөкчөлдьүттэ,
Кутуругун куоҕалдьытта,
Курдьугунаан кубулунна.
Хаҥас диэки
Хачыгырас тыаһы
Хапсаҕайдык иһиттэ.
Кэтэҕэриин* диэки
Кэбийэр тыаһы
Кэрэтик иһиттэ.
Муннук диэки
Булт баарын
Муннунан булла.
Хатан харах,
Хапсаҕай хары,
Сытыы сырай,
Сындыыс сырыы...