Page 107 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 107
ыйытыыларынан толкуйдаан, айар үлэ со-
ругун быһаараҕыт.
Хас да бөлөххө арахсаҕыт. Биир бөлөх
сурунаал матырыйаалын түмэргэ ананар.
Бу бөлөх сурунаал таһын, ис ойууларын
толкуйдуур. Атын бөлөхтөр араас тиэмэ-
ни ылан, ол туһунан матырыйаалы бэ-
лэмнииллэр. Онно сөптөөх матырыйаалы
бибилэтиэкэттэн, хаһыаттан, сурунаалтан,
интэриниэттэн ылыаххытын, итиэннэ ону
таһынан бэйэҕит суруйуоххутун сөп.
Үлэ кэмигэр бэйэ-бэйэҕэ болҕомто-
лоохтук сыһыаннаһан, сүбэлэһэн оҥоро-
ҕут. Ыйытыыны болҕойон истэҕит, санаа-
ҕытын сөпкө тиэрдэргэ кыһанаҕыт.
Бүппүт үлэни салайар, түмэр бөлөххө
туттараҕыт. Бөлөх үлэтэ сурунаалга тус-
па киирэр. Ол балаһа диэн ааттанар.
Сурунаалы кылаас, оскуола бибилэтиэ-
кэтигэр туттарыаххытын эбэтэр Айылҕа
харыстабылын күнүгэр куонкуруска кыт-
тыаххытын сөп.