Page 112 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 112
Амма Аччыгыйа
БАСТАКЫ ТОҔО?
1. А й ы м н ь ы га туох туһунан кэпсэнэрий?
2. Ваня эбэтигэр сы һы аны н көрдөрөр ты -
лы, этиини булан быһаар.
3. Ааптар кэпсээнигэр туох сүрүн санаа-
ны этэрий?
Күн тиит баһыгар түһүүтэ Ваня эбэтиниин
биир уу баһар тимир ыаҕаһы уонна син-
ньигэс боробулуоха кылдьыылардаах биир
обургу, биир кыра бааҥкалары толору отон-
ноотулар. Эмээхсин ыаҕаһын саба баайа
олорон эттэ:
— Ыарахана бэрт буолсу, доҕор, ыл, ту-
каам, ити обургу бааҥканы эн тут.
— Эйиэс! — дии түһээт, Ваня түҥнэри
хайыһан кэбистэ. — Улахан бааҥка кылдьыы-
та илиибин быһа киириэ.
— Оттон үтүлүктээх туттаҕыҥ дии.
— Үтүлүкпүн дьиэбэр умнан кэбиспиппин
ээ, — Ваня оҥоойук оҥостуммут тимир ку-
руускатын болтуотун сиэбигэр симинэ оҕуста