Page 115 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 115
таах уол уонна кыыс туохтан эрэ мөккүһэр
этилэр. Кыыс эппит:
— Миигин ийэм олус таптыыр, мин ийэм
кимин билэҕин дуо?
— Миигин аҕам таптыыр, — диэбит
уол.
— Мин ийэм — куорат иистэнэр кэмби-
нээтин бастыҥ үлэһитэ! — Кыыс ийэтинэн
киэн туттардыы эппит.
— Мин аҕам, — диэбит уол, — тутуу би-
ригээдэтин биригэдьиирэ!
— Мин ийэм тигэр таҥаһын эн таҥ-
наҕын.
— Мин аҕам бу биһиги олорор таас дьиэ-
битин туппута.
— Аҕаҥ тугу гынарый? — мин кыыстан
ыйыппытым.
— Мин аҕам ыраах эспэдииссийэҕэ сыл-
дьар, кыһын хаар түстэҕинэ кэлээччи.
— Эн ийэҥ ханнаный? — диэн аҕатынан
киэн туттар уолтан ыйыппытым.
— Мин ийэм суох... кини өлбүтэ, — уол
хараҕа бычалыйбыта.
Мин оҕолорго эппитим: