Page 113 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 113
да, кыра бааҥка үрдүгэр түстэ. — Чэ, ба-
рыахха! Мин хойутаатым.
Дьиэлэригэр тиийиэхтэригэр диэри эмээх-
син хаста да олорон сынньанна.
Дьиэтигэр кэлээт, Ваня таһырдьа оҕолору
кытта оонньуу тахса охсоору, сиэбиттэн ти-
мир куруускатын хостоото. Куруускатын кыт-
та бииргэ икки үтүлүгүн оруу тардан таһаар-
да. Куруускатын остуолга уурда, үтүлүктэрин
ороҥҥо быраҕаттаата.
Эмээхсин үөһэ тыынан баран:
— Ээ, буолаахтаатаҕа, — диэн кэбистэ
уонна оронугар тиийэн аргыый сытта.