Page 117 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 117
Уулуссаҕа мустубут дьон ортотугар кыра
оҕо муна сылдьар. Төттөрү-таары сүүрэр,
ийэтин көрдүүр.
— Эн ийэҥ хайдах этэй? — диэн мусту-
бут дьон ыйыталлар.
Кыыс ытыы-ытыы:
— Мин ийэм киһиттэн эрэ барытыттан ор-
дук үчүгэй, ону эһиги хайдах билбэккитий?
Ийэм ый аайы былаанын аһара толорор. Со-
торутааҕыта үчүгэй үлэтин иһин кини бочуо-
тунай грамота ылбыта. Онно элбэх ыалдьыт
сылдьан ийэбин эҕэрдэлээбиттэрэ.
Ийэм мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар. Дьиэти-
гэр кини күн курдук күндү. Ол эрээри ийэм
сыыһаны сөбүлээбэт. Куһаҕан сыананы ылан
кэллэхпинэ эбэтэр мэнигилээтэхпинэ, мин диэ-
ки сүр баҕайытык көрүтэлээн кэбиһэр. Оччоҕо
мин киниттэн улаханнык толлобун, — диир.
— Көнө, үчүгэй киһи буола улаат. Үөрэххэр
кыһан, хайа да үлэни чиэһинэйдик толорор
буол, — диэн ийэм үөрэтэр. — Ол иһин мин
үөрэхпэр улаханнык кыһанабын.
Бу кэпсээни аты нны к хайдах ааттыахха
сөбүй?