Page 121 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 121

АЙ Ы М Н Ь Ы ДОЙ ДУТУН
                    К И С Т Э Л Э Ҥ НЭРЭ

    «Үчүгэй майгыҥ — көтөр кынатыҥ» салааҕа
эн олоххо көстөр үчүгэй уонна куһаҕан быһыы-
ны-майгыны, аҕа саастаахха, кыраҕа, кыаммак-
ка кыһамньы туһунан кэпсиир айымньылары
аахтыҥ.

    Айымньыга туох туһунан суруллубутун кини
аатынан быһаарарга үөрэнниҥ. Араас айымньы-
ны тиэмэтинэн, сүрүн санаатынан тэҥнээтиҥ.

    Сүрүн дьоруой майгытын быһаарарга холон-
нуҥ. Аһыныгас, үтүө санаалааҕы сөбүлүү, оттон
албыны, мэниги сэмэлии санаабытыҥ буолуо.

    Бу курдук үчүгэй уонна куһаҕан быһыы ту-
һунан айымньыттан билбитиҥ олоххор туһа-
лыа.
   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126