Page 35 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 35
АЙ Ы М Н Ь Ы ДОЙ Д УТУН
К И С Т Э Л Э Ҥ НЭРЭ
Иккис салааҕа уус-уран кинигэ, айымньы,
ааптар эбэтэр суруйааччы, ааҕааччы туһунан
биллиҥ. Ааҕааччы суруйааччыны уонна кини
дьоруойдарын кытта сэһэргэһэр.
Кинигэнэн үлэлииргэ, айымньыны болҕойон
истэргэ үөрэнниҥ. Искэ уонна таска таба ааҕар
сатабылгын сайыннардыҥ. Таабырын таайдыҥ,
өс хоһоонун билистиҥ.
Кылааһынан сценка туруоран холоннугут,
«Үүтээн» остуоруйа дьоруойдара буоллугут.
Аан бастаан бибилэтиэкэҕэ сырыттыҥ, онно
эйиэхэ кинигэни сатаан таларга сүбэлээтилэр.
«Бэйэ ааҕыыта», «Ыалынан ааҕыы» кинигэ-
лэргин кытта салгыы билсэн, бастакы айымньы-
ларгын аахтыҥ.
Кинигэ билииҥ төрдө, барҕа баайыҥ буоларын
хаһан да умнума, куруутун харыстаа, ытыктаа.