Page 38 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 38
Константин Туйаарыскай
Таабы ры н диэн тугуй ? Таабырыннар таа-
йыыларын ойууттан бул.
Таабырынна таайыҥ
Таабырын төрдө кырдьаҕас
Таам Таратай ыччаттара,
Таба оҕолорунуу сырсан,
Табыгыраһан кэллилэр,
Өрүсүһэ-өрүсүһэ,
Үрүт-үрдүгэр эттилэр:
— Мин кимминий? Кимминий?
Билэҥҥин эн таай, — дэстилэр.
Уокка умайбаппын,
Ууга тимирбэппин.
Ууттан булуллабын,
Ууга суураллабын.
Тиистээхпин да,
Тиниктээбэппин.
Тараахтаахпын да,
Тарааммаппын.