Page 43 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 43

КУОСКА, БӨТҮҮК УОННА САҺЫЛ

                    (Нуучча остуоруйата)

              А й ы м н ь ы барыта хас дьоруойдааҕый?
              Оруолунан аах.
             «Атас туһугар атах тостор», «Ойуур-
             даах куобах охтубат, дъонноох киһи
             быстыбат» диэн этиилэри атыннык туох
              диэн ааттыыбытый?
              Билбэт тылларыҥ суолталарын тыл-
              дьыттан булан аах.
              Бөтүүк Куоска эппитин «хоцорууту-
              гар да холообокко» диэни хайдах өй-
               дүүгүн?

    Дьиэ иһэ. К у о с к а л а а х Б өт үүк олороллор.

    К э п с э э н н ь и т . Былыыр-былыр куоска-
лаах бөтүүк эн-мин дэһэн бэрт эйэлээхтик
олорбуттар. Куоска бултаан күнү быһа хара
тыаны кэһэр, бөтүүк дьиэтин-уотун көрөр.
(Куоска таҥ нар, саатын ылар.)

    К у о с к а . Бүөккээ, ааҥҥын хатан, түн-
нүккүн сап. Албын киһи күлүктээх дииллэр,
саһыл түөкүн ньылбыйан кэлэн ыҥырыаҕа,
олох арыйыма. (Куоска барбытын кэннэ,
Саһыл ньылбыйан кэлэн түннүгү тоҥсуйар.)
   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48