Page 45 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 45
Бөтү ү к (хаһыытыыр).
Хара тыаларынан
Үрдүк хайаларынан
Ыраах түбэлэргэ*
Саһыл миигин илтэ.
Куоска убайыам,
Өрүһүй миигин.
К у о с к а . Атас туһугар атах тостор, Кү-
рүөтэ суох окко киирбит саһылы кэһэтиэм,
сэттэҕин ылыам. (Эккирэтэр. Саһыл Бөтүүгү
быраҕан баран куотар.)
Б ө т ү ү к . Ойуурдаах куобах охтубат, дьон-
ноох киһи быстыбат.
К э п с э э н н ь и т . Сарсыҥҥы күнүгэр...
К у о с к а . Бүөккээ, мин ыраах бардым.
Аһаҕас айах, бэлэм бэлэс саһылга итэҕэйимэ.
Сиэҕэ, уҥуоххун да ордоруо суоҕа. Ааҥҥын
хатаа. (Куоска барбытын кэннэ, Саһыл кэ-
лэн тоҥсуйар.)
Саһыл. Ко-ко-куук Бөтүүкчээн,
Кыһыл көмүс тараахчаан,
Арыы-сыа төбөчөөн,
Мотуок солко бытыкчаан,