Page 46 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 46
Түннүгүнэн көрөөхтөө,
Горохпуттан аһаахтаа,
Туораахпыттан ылаахтаа.
Бөтүүк өҥөйбөт.
Б ө т ү ү к . Кыһыл тылгынан оонньоомо.
С аһ ы л. Байаардар ааһан иһэн
Туорааҕы тохпуттар.
Итигэстиир ким да суох.
К э п с э э н н ь и т . Бөтүүк тулуйбата, өҥөй-
дө. (Саһыл Бөтүүгү илдьэ барар.)
Б ө т ү ү к (хаһыытыыр).
Хара тыаларынан,
Үрдүк хайаларынан
Ыраах түбэлэргэ
Саһыл миигин илтэ.
Куоска убайыам,
Өрүһүй миигин.
Куоска истэр.
К у о с к а . Саатар сирэйэ суох саһылы кэ-
һэтиэм. Ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалбат, экки-
рэттэҕим. (Саһыл куосканы көрөн, Бөтүүгү
быраҕар.)