Page 51 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 51
АЙ Ы М Н Ь Ы ДОЙ ДУТУН
К И С Т Э Л Э Ҥ НЭРЭ
«Норуот тылынан уус-уран айымньыта» са-
лааҕа таабырын, өс хоһооно, чабырҕах диэн
көрүҥнэри билистиҥ. Чабырҕах биир тыынынан
субурутан этиллэрин биллиҥ уонна оннук ааҕар-
га эрчилинниҥ.
Эбии кинигэлэртэн бэйэҥ таабырыннары,
өс хоһооннору буллуҥ. Доҕоргун кытта норуот
айымньыларын аахтыҥ, ырыттыҥ. Бөлөҕүнэн
үлэлиир үөрүйэҕи иҥэринэн эрэҕин.
Өс хоһооно норуот ох тыла буоларын бил-
лиҥ. Өс хоһоонун элбэҕи билэр, ону тылыгар-
өһүгэр таба туттар киһи тыла баай, кэрэхсэбил-
лээх буолар. Эн эмиэ оннук буоларга кыһан.
Чугас дьоҥҥун кытта таабырыннаһан, чабыр-
ҕахтаан өйгүн сытыылыыр, бириэмэҕин туһа-
лаахтык атаарар буол.