Page 56 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 56
Арыт таба аахпаттар, диэн
«Па. Па» курдук ааҕаллар.
«Маама» диэҥҥэ барытын
«Маа» да «маа»
Диэн буолаллар,
Маҥыраһан бараллар.
— Ону хайдах гыныахха сөбүй? —
Миша ыйыппыт.
А этэр:
— Алпаабыты хомуйан,
Араас буукубалары мунньан,
Аан маҥнай мунньахтыахха.
Араатары тардыахха,
Атаҕастабылы ууратыахха,
Алҕаһыыры буойуохха.
Миша сөбүлэһэн: «Ээх», — диир. Инньэ
диирин кытта, этэрбэһин иһигэр, арай туох
эрэ мөхсөн барар.
Онтон эмискэ этэрбэһин айаҕыттан Э
буукуба мүччү көтөн, элэстэнэн тахсар:
— Ээ-э? Ээ-э? Эн ыҥырдыҥ дуо? — диэн
үрүт-үөһэ мээччэхтээбитинэн барар.
Миша онно өйдөөбүтэ «этэрбэс» диэн