Page 55 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 55

Арай ону истибит курдук А буукуба атах-
тара хамсаан-имсээн барбыттар. Онтон улам-
улам уһаан, соноон, ат дугатын* туорай-
даабыт саҕа буолбут. Атахтанан, харахтанан
кэлбит:

   — Аа! Атаһым, Миша. Дьэ, атаас, маннык
наада баар, — диэн, барыта «аа» да «аа»
буолан, айдааран барбыт.

    Миша: «Бу остуоруйа дойдутугар кэллэ-
ҕим. Остуоруйа сиригэр буукубатааҕар буо-
луох ыт-кус бары киһилии кэпсэтэр. Оттон
буукубалартан күнүс да тыл тахсар. Бэйи,
сылдьа түһүүм» диэн мөхсөн, уһуктаары гы-
нан баран, уһуктубатах.

   — А, дорообо! Олорон кэбис. Туох со-
нуннааххын? — диэбит.

    Онуоха А эппит:

               — Араас наада баһаам,
               Аахтахпына аан бастаан
               Ааппын сатаан ааттаабакка,
               Араастаахпын быһаарбакка,
               Ааҕарга да алҕаһаан,
               Атаҕастаан эрэллэр,
               Аҕаларын да аатын
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60