Page 57 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 57
«Ээх», — диэбитин алҕас истэн, миигин
ыҥырда диэн, биир Э кэлбит.
— Чэ, Э , эр бэрдэ диэн эн буоллаҕыҥ.
«Эй» диэбэккэ, «Ээх», — диэн кэрийтэлээн
этэттээ: — Буукубалар мунньахтара буо-
лар, кэлэ тартыннар, — диэн А көрдөспүт.
— «Ээх-Ээх», — дии-дии, Э элэс гынан
хаалбыт.
Өр-өтөр буолбатах:
Ол оронтон О,
Иһит иһиттэн И,
Уһааттаах ууттан У,
Үрүмэлээх үүттэн Ү,
Ыкса ыалтан ЫА,
Таһырдьа далтан Д,
Ыйга дьиэлээх Й,
Хаххаҕа сыппыт Х,
Ырдьыгынас Р,
Сырдьыгынас Ш, —
бука бары, бука бары кэлэн, кэккэлэһэ оло-
рон испиттэр.
Аан бастаан аһаҕас дорҕооннор буукуба-
лара кэлбиттэр. А ааҕан көрбүтэ уон иккиэ-
лэр эбит.