Page 54 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 54
Б үөтүр Тобуруокап
БУУКУБАЛАР МУННЬАХТАРА
1. Т и эки һ и сур ук бэлиэтин тутуһан, куо-
ласкын уларытан аах.
2. Остуоруйа ис хоһоонун кэпсээ.
3. М анна ахтыллар алҕастар эһиги кы -
лааскы ты гар тахсаллар дуо?
2-с кылааска туйгуннук үөрэнэр Миша Ива-
новка аҕата маҕаһыынтан сабыс-саҥа «Мурзил-
ка» диэн араас ойуулаах сурунаалы аҕалбыт.
Онно биир дьикти үчүгэй «Сурук бэлиэлэрин
мунньахтара» диэн остуоруйа баар эбит.
Соппутуой (,), туочука (.), тириэ (— ), күү-
һүрдэр бэлиэ (!), ыйытар бэлиэ (?) уон-
на да атыттар буолан, бэрт уһуннук мун-
ньахтаабыттар. Ыһыылаах-хаһыылаах, улахан
мунньах буолбут. Сурук бэлиэлэрин сатаан
туруорбат оҕону дэлби сэмэлээн ыыппыт-
тар, ытаппыттар.
Миша ааҕан бүтэн иһэн, утуктаан бар-
быт. «Аам-ам», — диэн дьааһыйбыт. Онуоха
«Аа-а» диэн хос иһэ кытта дуорайбыт.