Page 59 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 59
Чахчылаах суоллары
Таарыйан истэххэ,
Итэҕэс улахан,
Бэл Б, В иккини
Арааран билбэттэр,
Ол оннук уолаттар
Бу манна бааллар.
Оннооҕор Т атаҕын
Бысталаан ылаллар,
Үс атах оннугар
Биир гынан
Муҥнууллар,
Оннооҕор Р-га ордук
Ис эбэн биэрэллэр,
Таҥнары В курдук
Токурдаан кээһэллэр.
Ол оннук кыргыттар
Бу манна да бааллар.
Дакылаат буттэ.
Буукубалар бары ытыстарын таһынан та-
һыгыраталлар. Ордук туөрт илиилээх буо-
лан Ж куннээбит. Үс атаҕар охсуна-ох-
суна, эккирээн ылбыт. Дакылааты бары
сөбулээбиттэр.