Page 67 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 67
Оттон куобахчаан тыаҕа куотан тиийэн, та-
лах быыһыгар саһан сытан эрэ саныыр: «Оо,
дьэ, сүрдээх да баҕайы! Саалаах уонна ыт-
тардаах түөрт булчут миигин эккирэттилэр!
Хата, ити мин хайдах гынан куоттум?!».
Сөпкө да этэллэр: «Куттал хараҕа улахан:
суоҕу да көрөр» диэн.
Ааптардар тылбаастара
Остуоруйа бүтэһик этиитин бэйэҥ айан
уларыт.
КУТУЙАХ ТОҔО КЫРАНЫЙ?
(Дьүкээгир остуоруйата)
1. А й ы м н ь ы н ы аах. О стуоруйа дьоруойа
ки м и й ? К и н и то±о т и и к к э олорбот
буолбутуй?
2. М экчиргэ туһунан тугу биллигит?
Былыр кутуйах тииҥ курдук тииккэ оло-
роро. Кини олус кэрэ дьүһүннээҕэ. Биирдэ
кини мэкчиргэ уйатыттан сымыыты уорбут.
Оттон мэкчиргэ көтөрдөр ортолоругар ойуу-
нунан биллэрэ. Олус уордайан кини кутуйа-
ҕы кыраабыт.