Page 69 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 69
КИИТ УОННА ТАБА
(Чукча остуоруйата)
1. Т уох саҥаны биллиҥ?
2. О стуоруйаны сиһилии кэпсээ.
Байҕал кытыытынан таба дьаарбайа сы-
рыттаҕына, ууттан киит көрөн, хаһыытаабыт:
— Ээй, таба! Күрэстэһиэх эрэ, хайабыт
күүстээҕий — эн дуу, мин дуу?
— Чэ күрэстэһиэххэ! — диэбит таба.
Таба отунан өтүү өрүммүт, оттон киит —
муора үүнээйилэринэн. Быаларын холбуу
баайбыттар. Таба өтүүтүн санныгар эрийэ
бырахпыт, киит ууга соспут, таба — туун-
дараҕа.
Киит кутуругунан ууну лабый да лабый —
ууну өрө ыһыахтаа да ыһыахтаа. Таба тобу-
гар диэри сиргэ батары түһэн баран, ин-
нин диэки дьүккүй да дьүккүй, бэриммэт.
Эмискэ быалара быһа барбат дуо! Киит
байҕал түгэҕэр биирдэ баар буола түһэр,
таба ыраах туундараҕа эһиллэн хаалар. Он-
тон ыла таба киити кытта ыалласпат...