Page 78 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 78

3. « Т ур уу чоҕой хар а буор т угун а н -т угу-
     н ан т улалам м ы т ы й , арҕаст ам м ы т ы й,
     улаҕаламмытый» ? Тиэкистэн булан
      этитэлээ.

4. Бу кэннэ сир ийэ дойдуга туох-туох
      баар буолбутуй? Эмиэ тиэкистэн булан
      ааттаталаа.

    Былыргы дьылым
    Быстар мындаатын*
    Быдан анараа өттүгэр,
    Урукку дьылым
    Охсуһуулаах уорҕатын
    Отой анараа өттүгэр,
    Ааспыт дьылым
    Анысханнаах* айдааннаах күнүн
    Адьас анараа таһаатыгар,
    Куоппут дьылым
    Кудулҕаннаах кудай өлүү уорҕатын
    Куоһаралаах* хонноҕор
    Киһи аймаҕым
    Кэпсэтэн билсэ илигинэ,
    Саха аймаҕым
    Саҥарсан дьааһыйа илигинэ,
   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83