Page 80 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 80
Сир ийэ хотунум
Сиэрэй тииҥ тиҥилэҕин саҕаттан
Тэнийэн-тэрбэйэн,
Үүнэн-үөскээн,
Сачарыы* табам
Кулгааҕын сарыытын
Тиэрэ тарпыт курдук,
Сарбайа үүнэн,
Сараадыйа улаатан испитэ эбитэ үһү.
(Ноо!)
Ол курдук
Тоҥолохтоотор долгуйбат,
Баттыалаатар маталдьыйбат
Баараҕай таһааланан,
Туруу чоҕой хара буорум
Туруу дьааҥынан тулаланан,
Араат байҕалынан арҕастанан,
Уолбат муоранан улаҕаланан,
Сэттэ иилээх-саҕалаах,
Сэттэ биттэхтээх
Сир ийэ аан дойдум
Сити курдук үөскээн испит эбит.
(Ноо!)