Page 119 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 119

АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН
                КИСТЭЛЭҤНЭРЭ

  Олоҥхо — өбүгэ баайа — үйэттэн үйэҕэ ытык
өйдөбүл буолан кэллэ. «Мин дойдум — олоҥхо
дойдута» диэн салааҕа олоҥхону өйдөөн истэр-
гэ, олоҥхо тиэкиһин сатаан ааҕарга үөрэнниҥ.
Олоҥхоҕо үс дойду баарын биллиҥ. Орто дойду
олохтоохторун Айыы бухатыыра арчылыырын,
оттон Аллараа дойдуттан абааһы бухатыыра кэ-
лэн кинилэр олохторун аймыырын, айбардыы-
рын аахтыҥ, билистиҥ. тиэкистэн туһааннаах
кэрчиктэри булар буоллуҥ.

  Электроннай сыһыарыыттан Пётр Решетников-
Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ Көҕөччөр аттаах күүстээх-
уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» олоҥхоҕо буха-
тыырдар киирсиилэрин ааҕан билистиҥ. Оттон
«Ыалынан ааҕыы» кинигэҕэр киирбит Сергей Ва-
сильев «Күн Эрили» олоҥхотуттан быһа тардыы-
ны дьоҥҥор ааҕан иһитиннэрдиҥ. Худуоһунньук
уруһуйдарын көрөн, олоҥхо ханнык түгэнигэр
сыһыаннаахтарын ырыта үөрэнниҥ.
   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124