Page 114 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 114
Урааҥхай саха
Умсубат быатыгар
Үрдүктэн ыйыллыбыт,
Үөһэттэн төлкөлөммүт,
Орто туруу дойду
Оройунан оонньуур
Улуу дуолана,
Уһук туйгуна
Дьулусхан
Субуйа сүүрүк
Дьураа хара аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур.
«Дьулуруйар Ньургун Боотур»
Аллараа дойду
Аллараа дойду куруутун бүдүк-бадык, хараҥа.
Онно адьарай биистэрэ — абааһы аймаҕа оло-
рор сирэ. Кинилэр араас дьаҥы, ыарыыны-өлүүнү
ыыталлар.
Айыы сириттэн арахсан,
Күн сириттэн көтөҕүллэн барда;
Сур бөрө тириитин
Өрө ыйааттаабыт курдук
Сүндэ далай
Хара дьулуо