Page 111 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 111

Бу көстөр күөх маҕан халлаан
Анараа өттүгэр,
Уруйдаах добун туйгун
Дьулуо маҕан халлаан
Үрүт өттүгэр олорор,
Кыырай маҕан халлаан кыстыктаах,
Сардаҥалаах маҕан халлаан сайылыктаах,
Туналҕан маҕан халлаан дойдулаах,
Үүт күөл олохтоох,
Үүт аас бэйэлээх,
Үкэр куйаас тыыннаах
Үрүҥ Аар тойон,
Үрүҥ Арылы хотун диэн бааллар.

                        «Дьулуруйар Ньургун Боотур»
   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116