Page 106 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 106
СИТИҺИИБИТИН СЫАНАЛАНАБЫТ,
БИЛИИБИТИН БЭРЭБИЭРКЭЛЭНЭБИТ
1. Бу салааҕа барыта хас норуот остуоруйата, хас
суруйааччы остуоруйата баарый? Быһаар.
2. «Кытылга хоройон олордоҕуна — тибии
хайыҥнаах дулҕа курдук» диэн ханнык но-
руот остуоруйатыгар кэпсэнэрий?
3. Оттон: «Муора миэхэ тобукпунан, халлаан
миэхэ хабарҕабынан. Кимтэн да куттаммап-
пын!» диэн остуоруйа аата? Ханнык норуот
остуоруйатай?
4. Эмээхсин ойон тиийэр да, «төбөтүн сиигэ манан
буоллаҕа» диэн баран, тугу сырбатар этэй?
5. Эн санааҕар остуоруйалар тугунан маарынна-
һалларый уонна туох атыннаахтарый?
6. Электроннай сыһыарыыттан «Төбөтө дуу,
төрдө дуу?» диэн Британия норуотун кытта
нуучча норуотун «Төбөтө уонна төрдө» остуо-
руйаларын тэҥнээн көр.
7. Электроннай сыһыарыыттан «Ыт бэйэтигэр
доҕору хайдах көрдөөбүтэ» диэн ненец остуо-
руйатын дьоҥҥунаан ааҕыҥ.
8. «Остуоруйалаһыаҕыҥ эрэ» диэн кылаас таһы-
нан ааҕыы уруогун ыытыҥ.