Page 104 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 104
көмүс хобордооххо көмүс манньыаттары өрөһөлүү
кутан ааҕа олорор эбит. «Тоҕо манна кэллиҥ?» —
диэбит уонна хобордооҕун таҥаһынан саба быра-
±ан кэбиспит.
Инитэ кыһалҕатын кэпсээбит, ас-таҥас көрдөө-
бүт. Убайа тугу да бэрсибэтэх. Онуоха инитэ кыы-
һыран, хобордоохтоох манньыаты сабыы анныттан
ньылбы тардан ылбыт, таһырдьа ойон тахсыбыт
итиэннэ хобордооҕу харчылары баҕастары үөһэ
халлаан диэки кыыраппыт. Манньыаттар өрө кыы-
райан тахсан, халлааҥҥа сыстан хаалбыттар уон-
на сулус буолбуттар.
Хобордоох, сулустар быыстарыгар сыста түспүт
уонна ый буолбут.
Ол кэмтэн ыла баай убай эстэ дьадайбыт. От-
тон инитэ харчыга наадыйдаҕына, түүн тахсан хал-
лаан диэки илиитин уунар, оччоҕо үөһэттэн илии-
тигэр көмүс манньыат түһэн кэлэр эбит. Инньэ
гынан, кыра быраат кыһалҕата суох олорбут, хата
убайыгар көмөлөһөр, харчы бэрсэр буолбут.
Тылбытын байытабыт
Ини-бии — бииргэ төрөөбүт убайдыы сурустуу уолат-
тар.