Page 100 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 100

Суорун Омоллоон

               ДЬЭРЭКЭЭН ОҔОЛОР

         1. О стуоруйаны болҕойон ис хоһоонноохтук аах.
         2. Остуоруйа дьоруойдарын быһаар.
         3. Остуоруйа сүрүн санаата тугуй?
         4 .Оҕолор булугас өйдөрүн көрдөрөр быһа тар-

             дыыны аах.
         5. О стуоруйаны ким суруйбутуй? К и н и туһунан

             тугу билэҕин? Х анны к айымньыларын аах-
             пыккыный?

    Дьэрэкээн оҕолор диэн тулаайах уоллаах кыыс
олорбуттар. Биирдэ кинилэр мас сыыстаан баран,
соҕотох тарбыйахтарын кытта оонньуу сылдьы-
быттар. Арай эмискэ сүүһүн ортотугар соҕотох ха-
рахтаах, аллара түһэ сылдьар аһыы тиистээх Алаа
Моҕус ыстанан киирбит. Уонна тыа баһа сатарыыр
куолаһынан эппит:

    — Мин эһигини сии кэллим. Хааһахпар киирэ
охсуҥ!

    — Пахай, биһиги адьас көтөхпүт. Биһиги тар-
быйахпытын сиэхпит этэ. Оччоҕо уойбуппутун кэн-
нэ кэлэн сиэххин хайдаҕый?

    — Чэ, бэдиктэр, сөп. Уон хонон баран кэ-
лиэм, — Алаа Моҕус тахсан адаҥхастыы турбут.

    Оҕолор тоҕус күн от үргээн тарбыйахтарын
   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105