Page 103 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 103

Бэрт өрдөөҕүтэ, халлааҥҥа сулус да, ый да суох
эрдэхтэринэ, баайдаах дьадаҥы ини-биилэр* олор-
буттар. Аҕалара өлбүтүн кэннэ, туох баар сири-
уоту, баайы-дуолу барытын убайа ылбыт, инитигэр
туох даҕаны тиксибэтэх. Убайа олус диэн байбыт,
ахсаанын да билбэт сүөһүлэммит, халыҥ харчытын
кыайан аахпат буолбут. Быраат эрэйдээх бултаан,
балыктаан оҕолорун иитэн олороохтообут. Биир
сыл булт даҕаны, балык даҕаны мэлийбит.

    Аһыыра-таҥнара суох буолан, инитэ убайыгар
ас, харчы көрдөһө тиийбит. Ол тиийбитэ, убайа
   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108