Page 107 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 107

АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН
                КИСТЭЛЭҤНЭРЭ

  Үөрэх кинигэтин «Остуоруйа алыптаах дойду-
тугар» диэн салаатыгар саха, нуучча, дьүкээгир
норуоттарын остуоруйаларын билистиҥ. Но-
руот уонна суруйааччы остуоруйата баарын
биллиҥ. Остуоруйаҕа дьоруой диэн ким буола-
рын быһаардыҥ. Араас остуоруйа дьоруойда-
рын тэҥнээн көрдүҥ. Остуоруйа чопчу түгэнигэр
бэйэ сыһыанын этэргэ үөрэнэнниҥ. Кинигэттэн
наадыйар остуоруйаны булар буоллуҥ. Остуо-
руйа дьоруойдарын кэпсэтиилэрин оруолунан
сценаҕа толорорго холоннуҥ. Бэйэ остуоруйатын
айдыҥ.

  Электроннай сыһыарыыттан «Төбөтө дуу, төр-
дө дуу?» диэн Британия остуоруйатын, «Ыт бэ-
йэтигэр доҕору хайдах көрдөөбүтэ» диэн ненец
остуоруйатын дьоҥҥор ааҕан иһитиннэрдиҥ,
остуоруйаларынан уруһуйдары оҥордуҥ. До-
ҕотторгун кытта инсценировка туруоран, дьон
биһирэбилигэр таһаардыгыт.
   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112