Page 98 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 98
ТӨБӨТӨ УОННА ТӨРДӨ
(Нуучча остуоруйата )
1. О стуоруйаны оруолунан ааҕыҥ.
2. Маҥнай эһэлээх киһи туох диэн кэпсэттилэр?
К иһи тоҕо төрдүн ылла?
3. И кки с сырыыларыгар хайдах сөбүлэстилэр?
К иһи тоҕо төбөтүн ылла?
4. Остуоруйаҕа тугу төрдө, тугу төбөтө диэн эп-
питтэрий?
5. К им суруйбут остуоруйатай?
Эһэ киһини кытта доҕордоспут. Биирдэ иккиэн
эриэппэ ыһарга санаммыттар.
— Миэхэ төрдө, оттон эйиэхэ, Миша, төбөтө.
Эриэппэлэрэ бэркэ астаммыт.
Киһи бэйэтигэр төрдүн ылбыт, оттон эһэтигэр
төбөтүн биэрбит. Эһэтэ ырдьыгынаатар даҕаны,
хайыай, сөбүлэспит.
Эһиилгитигэр эһэҕэ киһи туран этэр:
— Чэ, эмиэ кыттыһан ыһыах.
— Чэ! Ол гынан баран билигин эн бэйэҕэр
төбөтүн ыл, оттон миэхэ төрдүн аҕал, — диэн эһэ
сэрэттэ.
— Сөп! Эн эппитиҥ да курдук буоллун, — диэтэ
киһи, кини тылын хайаан да ылынар быһыынан.