Page 93 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 93

атаҕа нэһиилэ, тириитэ сараланан туран, босхоло-
нор, оттон кутуругун кыайан хоҥнорон ылбат.

    Болдьообут курдук, эмээхсин уу баһа киирэн ба-
ран, хам тоҥон олорор куобаҕы көрөн, ыаҕастарын
илиитин таһынан илгэн баран, куобахха ыстанан
тиийэн, охсо сатыыр, тэбэ сатыыр. Сыыһа тэбэн,
мууска «лах» гына олоро түһэр.

    — Оо, сордоох уола, хор, куобахтар, тыаҕа
сылдьаллар диэн этэр эбээт! Күнүс күөл мууһугар
киирэн олороллорун көрбөт буоллаҕа, — дии-дии
дьиэтигэр сүүрэр. Көмүлүөк оһоххо өйөнөн турар
үөттүрэҕин туппутунан күөлүгэр ыстанар. Күөлгэ
киирбитэ, куобаҕа, мөхсө сатаан баран, сэниэтэ
эстэн сытар эбит.

    Эмээхсин ойон тиийэр да, төбөтүн сиигэ манан
буоллаҕа диэн баран, сырбатар. Куобах аһаран
биэрэр. Хата, мас тэбиитигэр эмээхсин илии-
тэ ыалдьар. Онтон, сиһин үөһүн быһа оҕустаҕым
диэн, сиһин ортотугар сырбатар да, кирис гыммыт
куобах кулгааҕын төбөтүн табан, үөттүрэх хоруо-
та сыстан хаалар. Куобах туох баар күүһүн мун-
ньан-мунньан баран түһүнэн кэбиһэр да, кутуруга
быс-тан хаалар. Хаана чаккыраабытынан тыа диэ-
ки ыстана турар.

    Эмээхсин соһуйан тиэрэ кэлэн түспүтүгэр муус
тостон. Уу тахсан, хам тоҥмут куобах кутуруга бос-
хо барар. Онон эмээхсин уутун баһан, кутуругун
   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98