Page 91 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 91

КУӨБАХ ТУҺУНАН ОСТУОРУЙА

                               (Саха остуоруйата )

                1. О стуоруйаны учуутал ааҕы ы ты гар болҕойон
                    иһит.

                2. Куобах оннугар эн тугу гы ны аҥ этэй?
                3. Остуоруйа дьоруойдара кимнээхтэрий?
                4. Остуоруйаны ким айбытый?

          Бэрт былыр куобах, эмиэ ити билигин тииҥ
      курдук, улахан сахсайбыт кутуруктааҕа үһү. Куту-
      ругун түүтэ наһаа хойуу эбит. Дьон саанан хаста
     да ытан көрбүттэр да, куобах кутуругунан саптан
      биэрбит, ону буулдьа кыайан хоппотох.

          Кутуругун эрэ көмөтүнэн тыыннаах ордон сыл-
     дьыбыт. Сайын кутуругунан саптан кэбистэҕинэ,
      күүгэс, күлүмэн кыайан сиэбэт буолан, бэркэ диэн
      абыранара үһү. Дьэ ити курдук, куобах өр дуу,
      өтөр дуу олорбут.

          Булчут оҕонньор эмээхсинин үлэҕинэн, сон са-
      ҕата гынаары, хас күн ахсын куобаҕы эккирэтиһэр
      буолан баран, мэлдьи кураанах киирэрэ. Сарсыар-
     да аайы уоһун соттоот барара, киэһэ им сүтүүтэ
      син биир туга да суох сукуҥнаан киирэн сонун
     устара.

          «Хайаа? Эмиэ туоҕа да суох дуу», — диэн ула-
     хан саҥаны истэрэ. Хойут, ирэн-хорон иһэн, үүтүн

Ж
   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96