Page 87 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 87

АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН   л
     КИСТЭЛЭҤНЭРЭ

  «Норуот өркөн өйө тылынан уус-уран айым-
ньыга» салааҕа норуот айбыт таабырынын,
өс хоһооннорун, чабырҕахтарын, ырыаларын
аахтыҥ, билистиҥ.

  Норуот тылынан уус-уран айымньытын араа-
һын араарар буоллуҥ. Таабырын — норуот сы-
тыы хараҕа, уран тыла, өс хоһооно — олох-
дьаһах, сиэр-майгы, быһыы-таһаа туһунан но-
руот түмүк санаата, чабырҕах — сахалыы ты-
лынан уус-уран айымньы биир дьикти көрүҥэ,
оһуокай — норуот үйэлэри нөҥүөлээн илдьэ
кэлбит үҥкүүтэ, тойук, ырыа — саха киһитин
дууһатын иэйиитэ, арахсыспат аргыһа, остуо-
руйа — киһи аймах үйэ-саас тухары баҕарбыт
баҕата, кэлэр кэми кэрэһилиир ыра санаата буо-
ларын биллиҥ. Айымньылар бэйэ-бэйэлэриттэн
тыллара-өстөрө, ааҕыллыылара уратылааҕын
биллиҥ.
   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92