Page 83 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 83

Т у р а а х . Дьэ, мин кинини кэһэтиэм, сэттэтин
ылыам.

    К э п с э э н н ь и т . Куобахчааммыт аччыктаан,
аһыыр сиргэ сүүрэн кэлбитэ, тураах кэтэһэн оло-
рор эбит.

    Т у р а а х . Нохоо, тоҕо киһиргиигин? Эйиэхэ да
эт, истиэнэҕэ да эт — син биир! Уутааҕар чуумпу-
тук, оттооҕор намыһахтык сырыт диибин буолбат
дуо! (Куобаҕы оройго тоҥсуйар.) Өйдөөтүҥ дуо?
Кыһыл тылгынан кыырбат буол!

    К у о б а х . Өйдөөтүм, өйдөөтүм. Аны хаһан да
киһиргиэм суоҕа, убайыам. Көрдөһөбүн-ааттаһабын,
тылбын биэрэбин.

    К э п с э э н н ь и т . Арай биирдэ тураах, хаар ус-
тун күүлэйдээри, тииттэн сиргэ түспүт. Өлүү тү-
бэлтэлээх, сор болдьохтоох, хантан да кэлбиттэ-
рэ биллибэт, ыттар баар буола түспүттэр, турааҕы
тутан ылбыттар.

    Т у р а а х . Даах, даах! Көмөлөһүҥ! Күн буолуҥ,
ый буолуҥ!

    К э п с э э н н ь и т . Куобах, ону истэн, сүүрэн
тахсыбыт. Ыттар куобаҕы көрөн, иҥсэлэрэ бэйэлэ-
ринээҕэр улахан, турааҕы быраҕан баран, куобаҕы
эккирэтэллэр. Куобах — кус быһый, ат бөҕө кини-
лэргэ туттаран да бэрт, куотан хаалбыт. (Тураах
тииккэ көтөн тахсар.)

    Т у р а а х . Даах-дарараах!
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88