Page 81 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 81
Эһээ-эбээ идэтинэн
Илиилэртэн сиэттиһэн,
Эһиэкэйдээн биэриэҕиҥ,
Оҥкумалтан* ылсыһан
Оһуокайдаан оонньуоҕуҥ.
Оскуолаҕа киирэммит,
Үчүгэйдик үөрэнэн,
Үүнэн-сайдан иһиэхпит,
Үгүс-үгүс билиилээх,
Өрүү бастыҥ үлэлээх
Үтүө дьоннор буолуохпут.
Оһуо-оһуо оһуокай,
Эһиэ-эһиэ эһиэкэй.
Тылбытын байытабыт
Оҥкумал — киһи-сүөһү харытыттан үөһээҥҥи сүһүөҕэ
(киһиэхэ тоҕоноҕуттан бүлгүнүгэр, оттон сүөһүгэ бүл-
гүнүттэн саннын уҥуоҕар диэритэ).
Д ьоҥҥуттан ыйыталаһан эбэтэр кинигэттэн бу-
лан, кылгас оһуокай тылын суруй.
«Норуот тылынан уус-уран айымньыта» кини-
гэ быыстапкатыгар сырыт. Сөбүлээбит кинигэ-
ҕин уларыс.
Оһуокай — саха омук төрүт үҥкүүтэ.