Page 80 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 80

Кынаттарын сыыһынан
Кылбачыта сапсынан
Чурукунуу көтөллөр,
Чурулуктуу туойаллар.
Оһуо-оһуо оһуокай,
Оһуокайдыыр оһуокай.

       О ҺУОКАЙ

Оһуо-оһуо оһуокай,
Эһиэ-эһиэ эһиэкэй.
Оҕо кыра эрдэхтэн
Оонньоон-ыллаан иһиэххэ,
Эйэлээхтик сылдьыахха,
Эһиэкэйдээн тэйиэххэ.
Саха бастыҥ үҥкүүтүн
Сатыыр-таптыыр буоллубут.
Арыаллаһа сиэттиһэн
Айхал тылын этэбит,
Тоҥонохтон тутуһан
Доҕулдьуччу үҥкүүлээн
Доҕордоһуу туһунан
Дорҕоонноохтук туойабыт.
Оһуо-оһуо оһуокай,
Эһиэ-эһиэ эһиэкэй,
Чэйиҥ, оҕолоор,
Тэҥҥэ бииргэ үктэнэн,
   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85