Page 75 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 75
ЧАБЫРҔАХ
Пётр Варфоломеев
ЧАБЫРҔАХ-ТААБЫРЫННАР
1.Чабырҕах диэн туох айымньы этэй?
2. Чабырҕах хайдах ааҕылларый? Ааҕар кэмҥэр
хайдах тыынаҕыньш?
3. Бу чабырҕах туох уратылааҕый?
4. Таайыыларын эт.
Билбэти таҥнары тардыах
Бэлэм турар мас тордуох.
Иҥнибити эрийэн ылыах
Иэҕиллибит эргэ сыҥаах.
Өйдөөбүтү мыына көрүөх
Үөһэ-аллара бүгүйэх*.
Төһө даҕаны бэрт буоллар
Түҥнэстибит устуул турар.
Бэйэтэ сиэрпэ курдук да
Билии бэрдин быһаарар.
Аҥаар үөһээ тигиитэ
Арахсан хаалбыт дии сиитэ.
Сэмэн былыр оттообут
Сэбэ — ааттаах хотуура.