Page 73 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 73
ӨС ХОҺООНО
Өс хоһоонун б ы һ аары ы ты н к ы т т а билис.
Холобур: «Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылаайаҕын»
өс хоһооно мөлтөҕү сэнээмэ диэн суолталаах.
О ттон «К ы ра да к ү ү с улахан көдьүүс» диэн өс
хоһооно кыра да көмө т уһалаах диэн өйдөнөр.
Б у к у р д у к өс хоһооно к и һ и араас м а й гы ты н
(элэккэй, эйэҕэс, үөрүнньэх, көҥөс, сымыиаччы
уо.д.а.) туһунан кэпсиир, үөрэтэр.
1. Өс хоһооннорун болҕойон аах.
2. Х ас бии рд ии өс хоһооно ту о х санааны этэ-
рий?
3. Сөбүлээбит өс хоһо о ҥ ҥ ун өйтөн этэ үөрэн.
• Үчүгэй доҕор эмискэ көстүбэт.
• Саҥарыаҥ иннинэ санаан көр, этиэҥ иннинэ
эргитэн көр.
• Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай.
• Үтүө киһи биир тыллаах, үтүө ат биир кым-
ньыылаах.
• «Уу» диэбитэ — хаар, «хаар» диэбитэ — уу.
• Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.
• Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн.
• Ким доҕордоох — ол дьоллоох.
1. А н ы араас норуот өһүн хоһоонун аах, билис.
2. Х а н н ы к ом уктар өс хоһооннорун аахты ҥ ?