Page 72 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 72
Толкуйдаа. Тобул
Маҥан таҥастаах, маҥан эттээх мааны
Майбары хотун баар үһү.
Сайын симэнэр, кыһын сыгынньахтанар
баар үһү.
Тиит тирэхтээх тиҥсирики сүүрүк баар үһү.
Күөх күрүҥ күндү түүлээх,
Үүт үрүҥ үчүгэй өрөҕөлөөх,
Хаппыт тэллэй хаһаастаах,
Амтаннаах эриэхэ аһылыктаах,
Куһугураан куотар, кутуругунан оонньуур,
Саллар сааһыгар сааһыттары муҥнуур
Баар үһү.
Бастакыта уота, ортокута обуоһа,
кэнникитэ кэһиитэ баар үһү.
Балаҕан үрдүгэр барча тохто сытар үһү.
(«Чуораанчык» сурунаалтан)