Page 68 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 68
ТААБЫРЫН
Константин Туйаарыскай
ТААБЫРЫННА ТААЙЫҤ
1. Таабы ры ннары д о р гуч ч у аах, таайы ы ты н
ойууттан бул.
2. Х а н н ы к таабырыны ордук сөбүлээтиҥ?
Таабырын төрдө кырдьаҕас
Таам Таратай ыччаттара,
Таба оҕолорунуу сырсан,
Табыгыраһан кэллилэр,
Өрүсүһэ-өрүсүһэ,
Үрүт-үрдүгэр эттилэр:
— Мин кимминий? Кимминий?
Билэҥҥин эн таай, — дэстилэр.
***
Сайынтан атын кэмҥэ
Сүгэһэрдээх да буолууй,
Сүгэн баран сүүрдүөҕүм.
Тайах маһы булунууй,
Тайах бултуу мин барсыам;
Таба быыра барбытын
Таба-чопчу булларыам,