Page 65 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 65

АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН
                КИСТЭЛЭҤНЭРЭ

  «Кинигэ — билии төрдө» диэн салааттан би-
лиини, араас сонуну, саҥаны кинигэ биэрэрин
өйдөөтүҥ. Кинигэ араас буоларын биллиҥ, ту-
тулун билистиҥ. Кинигэ, бибилэтиэкэ диэн өй-
дөбүллэр тустарынан билиигин чопчулаатыҥ, чи-
ҥэттиҥ, дириҥэттиҥ. Ааҕыы араас көрүҥэр эрчи-
линниҥ. Бибилэтиэкэҕэ кинигэни талар ньыма-
лары баһылаатыҥ. «Үүтээн» иккис хартыынатын
оонньоон көрдөрөргө сценаны киэргэтистиҥ.

  «Ыалынан ааҕыы» кинигэҕиттэн Суорун Омол-
лоон «Чиэһинэй быһыы», Фёдор Гуляев «Саҥа
доҕор», электроннай сыһыарыыттан «Кугас —
оҕо көрөөччү» кэпсээннэрин, Семён Руфов «Ула-
хан киһи» хоһоонун аахтыҥ.

  Сөбүлээбит айымньыҥ туһунан «Ааҕааччы тэ-
тэрээтигэр» санааҕын сааһылаан суруйдуҥ, бэйэ
бэлиэтээһинин оҥордуҥ.

  Быйыл эмиэ сыл устата бибилэтиэкэҕэ сылдьан,
араас тиэмэҕэ кинигэ быыстапкатын билсиэҥ,
көрүөҥ. Бэйэҥ кинигэ уларсан, билиилээх-
көрүүлээх ааҕааччы буола сайдыаҥ.
   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70