Page 61 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 61

Доргуччу-унаарыччы
            Тойуккун туойуоххун!
Бөтүүк:
            Ку-ку-куттана сыстым,
            Ку-ку-куттана сыстым.
            Эмтэтэ илдьиҥ, эмсэҕэлээтим.
            Эмтэтэ илдьиҥ, эмсэҕэлээтим.
Дьуос:
            Өҥөй Бөтүүк, доҕоччукпуот,
            Өрүһүллэн кэллиҥ, уоскуйуоҥ!
            Чуор-хатан тойуккунан
            Чугдаарыта доргутуоҥ!

                         ТӨРДҮС ХАРТЫЫНА

Бары:
            Дьэндэйбэтэх, самнайбатах
            Дьиэ үүтээн сыыһа баарыгар
            Супту сүүрэр сур Күүдээх
            Арыылаах алаадьылаах;
            Бах-бах Баҕа барахсаммыт
            Хаппыыстаны хаһааммыт;
            Туту матах Дьуос Бээгэй
            Тууйаһыгар эҥин тэллэй.
            Бары мустан аһыы-айбардыы
            Малааһынныы олорбуттар.
   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66