Page 57 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 57

Эһэ:

        Уоттаах үөттүрэхтэн
        Олус да куттанабын.
        Саһыл саҥаһыам, мин киниттэн
        Саһан ханна барабын?

Бөтүүк:
            Бах-бах Баҕачааныам,
            Баар дуо, ыаҕаскааныҥ?
            Эһэҕэ ууну кутаарый,
            Эһэни тумнараарый!

Эһ э :

        Өрүһүйүҥ! Абырааҥ!
        Өлөн эрэбин, быыһааҥ!
        Атахха биллэрэммин...
        Арҕахпар киирииһикпин!

Бөтүүк:
            Ку- ку- ку- куотта-куотта.
            Хор-хор син, куотта-куотта.

Баҕа:
            Түөрт атах буолан
            Түүрүллэ-түүрүллэ ойдо.

Бөтүүк:
            Аны биһиги дьиэбитин
            Арбыйбаттарын эрэниҥ.
            Ку-ку-куттаан ыыттым.
            Ку- ку- куоттулар.
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62