Page 54 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 54
Тылбытын байытабыт
Х а й ы ҥ — эбии халыҥатыы, хоһулааһын; туох эмэ
тулатыгар өрөһөлөммүт хаар, муус.
Бүччүм — элбэх кэлиитэ-барыыта, сүпсүлгэнэ суох.
Бөдүргэй — сүөһү, кыыл түөһүн иннинэн икки өттө
холбоһор мүлтүркэй уһуга.
ҮҺҮС ХАРТЫЫНА
Эһэ:
Үтүөнэн, дьиэлээх атастарым,
Үүтээҥҥит аанын аһыҥ.
Күүдээх:
Ааммытын аргыый дарбый,
Оһохпутун суулларыаҥ.
Дьуос:
Түннүгүнэн түһүөҥ,
Түөкүнүнэн көрүллүөҥ.
Үҥүүгэ-өргөскө
Үөлүллүөҥ.
Бөтүүк:
Үөлэһинэн, түннүгүнэн
Үүтээммитигэр түһэн
Араллааны* тардыаҥ,
Атахпынан хаптатыам.