Page 51 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 51

Хаҥыл күүстээх Эһэни
      Хайыҥнанан* барыахха.

Бөрө:

            Күөх ойуур быыһыттан
            Көрдөөн көрүөх Эһэни
            Эрэйбитин чэпчэтэн
            Эрэйдээхпит, хата, бэйэтэ
            Бу кэлэн иһэр
            Буолбаат, Эһэ-Лэппэр!

Эһэ:

      Ас көрдөөн тыаҕа
      Алларыйдым-сылайдым.
      Ханна мүөттээх ыаҕас,
      Хайах, арыы сытарый?

Саһыл:
            Ойуур кэтэҕэр, бүччүмҥэ*
            Оччугуйкаан үүтээҥҥэ.

Эһэ:
            Үүтээҥҥэ?

Бөрө:
            Дьэндэйбэтэх, самнайбатах
            Дьиэ оҕотун сыыһа баар.

Эһэ:

      Дьэндэйбэтэх, самнайбатах
      Дьиэ сыыскаана баар дуо?
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56