Page 46 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 46
охсуһарыгар миигин оруудьуйа оҥостор. Барым-
барыта алдьанан бүттэ, иһим хайдара чугаһаата.
Кэпсэтиини Кинигэ түмүктээтэ:
— Доҕоттоор! Тулуйарбытын аастыбыт. Тугу эрэ
оҥордохпутуна сатанар.
Хаһаайыннарын кэһэтэргэ сүбэлэстилэр.
Сарсыарда Сэмэнчик оскуолатыгар хойутаата.
Кылааска сүүрүүнэн киирдэ. Суумката аан тутааҕар
иҥнэн, арыллан маллара муостаҕа тоҕуннулар.
Харандааһа, уруучуката ыскаап анныгар састылар,
эрэһииҥкэ көрүдүөргэ төкүнүйдэ, линейка муоста
хайаҕаһын булла.
Сурук уруога саҕаланна. Сэмэнчик уруучука-
та суох буолан тугу да суруйбакка, таах олорон
таҕыста.
Иккис уруок — ааҕыы уруога. Сэмэнчик кини-
гэтин арыйан ааҕаары гынна да, тугу да кыайан
булбата, кинигэтин лиистэрэ буккуллубуттар.
Үһүс уруок — суоттуур үлэ. Сэмэнчик суотун
хостоон көрбүтэ, туораахтара тохтубуттар.
Учуутал дьаһалынан кылаас оҕото барыта кини
ыһыллыбыт малын көрдөөн, муостаҕа тобуктуу сыл-
дьан аҕыйах малы буллулар. Сэмэнчик буруйунан
уруок буолбата.
Төрдүс уруок — физкультура. Уол санаата
көннө. Кроссовкатын кэтэн баран, үөһэ ойобун
диэн, халтарыйан, тас уорҕатынан барда. Учуута-