Page 47 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 47
ла көрбүтэ, уол кроссовката өйүөтүн арыытынан
оҕунуохтаммыт.
Ити күн Сэмэнчик суумкатыгар тобус-толору «1»
сыананы хааланан дьиэтигэр тиийдэ.
Түүн утуйа сытан түһээн көрдөҕүнэ, ый сыр-
дыгар остуолга үөрэнэр маллара сиэттиһэн баран
үҥкүүлүү сылдьаллар уонна ыллыыллар: «Иччиби-
тин кэһэттибит, иэхэй-чуохай дьэ буолла».
Бу кэнниттэн Сэмэнчик малларыгар киһилии
сыһыаннаһар буолбут. Эмиэ тугу эрэ оҥоруохтара
диэн куттаннаҕа дуу?